ссылка:
http://sakhalife.ru/sebieskey-istoriyanyi-yityiktaan-innikibitin-t-st/ Украинаҕа Ленин пааматынньыктарын суулларыы саҕаламмытыгар, Россия олохтоохторо, дьэ, айманыы бөҕө буолбуттара.
Онтон айманаллара сөп эрээри, ким историяны кытта охсуһууну саҕалаабытай? Биһиги, Россия олохтоохторо. Союз ыһыллыбытыгар демократияны тутааччылар аан бастаан пааматынньыктары, «кыһыл ааттары» кытта сэриилэһэн барбыттара. Сэбиэскэй былаас улуу дьоннорун аатынан ааттаммыт куораттар, болуоссаттар, уулуссалар саҥалыы ааттаммыттара. Ол аата куһаҕан холобуру биһиги Россиябыт демократтара уонна таҥнарыахсыттара саҕалаабыттара.
Бу көстүү Саха сиригэр сымнаҕас соҕустук ааспыта, чуолаан Дьокуускай куоракка уларыйыы тахсыбатаҕа да диэхпитин сөп. 90-с сыллартан билиҥҥээҥҥэ дылы Ленин уонна Орджоникидзе болуоссаттарын, Ленин проспегын уонна да атын объектары уларытыан баҕалаахтар күн бүгүҥҥэ дылы бааллар. Оннук “табаарыстары” кытта былырыын республика телеканалыгар көрсөн турабыт.
Кинилэр: «Сайдыахтаахпыт, ол иһин уруккуну умнуохтаахпыт», «национальнай республикаҕа олоробут, бэйэбит геройдардаахпыт, олор ааттарын биэриэххэ», - диэн этэллэр. Эбиитин «хомуньуустар, эһиги, уларытыыны киллэрбиккит, революция кэннэ бүтүннүүтүн уларыппыккыт, билигин биһиги уочараппыт» диэбит курдук этэллэр. Дьиҥинэн, хас биирдии киһи бэйэтэ тус тус санаалаах, ол санаатын этинэр уонна көмүскэнэр буоллаҕына, ол хайҕабыллаах.
Мин оппоненнарбыттан: «Саха сирин норуоттарыгар, чуолаан саха омугар, ханнык былаас дьолу аҕалбытай?» - диэн ыйытабын. «Ханнык былаас империя саҕана “иккис суортаах” омугу, үөрэҕэ суох туох да бырааба суох ньүдьү-балай норуоту киэҥ бырааптаах, бэйэтин республикатын салайар кыахтаах оҥорбутай?» - диэн санатабын.
Улуу убайдарбыт бассабыык хомуньуустар Ойуунускай, Аммосов, Барахов, Аржаков ханнык былааһы уруйдаан-айхаллаан 1922 сыллаахха Советскай Социалистическай Автономнай Республиканы олохтообуттарай? Бу дьоммут Сэбиэттэр былаастарын олохтоон биир быраһыаҥҥа тиийбэт үөрэхтээх Саха сирин омуктарын үөрэхтээн, балаҕантан хотону арааран, омук быһыытынан сайдыбыытыгар олук уурбуттара. Суорун Омоллоон «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык» диэн оҕолорго анаммыт кэпсээнигэр этиллэринии, хомуньуус былааһа бүтүн урукку Российскай империя омуктарыгар сырдыгы аҕалбыта.
Патриот диэн тылы наһаа боростуойдук туттабыт. Бу тыл дойдугун сөбүлүүргүнэн эрэ муҥурдаммат. Патриот дойдутун историятын билиэхтээх. Историятын билэр буоллаххына, дьэ киэн туттуон, дойдулаахпын диэн кэпсэниэн сөн. Мин - патриоппыт дьоммунан-сэргэбинэн, төрөөбүт нэһилиэкпинэн, улууспунан, республикабынан, дойдубунан киэн туттабын, тоҕо диэтэххинэ кини историятын билэбин, кэрдиистэрин үөрэтэбин.
Билигин республикабыт 100 сылын өрөгөйдөөхтүк көрсөргө бэлэмнэнэ сылдьабыт. Бука бары сомоҕолоһор кэммитигэр хайдыһыы тахсыа суохтаах. Бары биир санаанан республикабыт туһугар диэн олоруохтаахпыт. Маныаха республикабыт киинигэр историческай миэстэлэри, пааматынньыктары уонна уулуссалары уларыта сатыыр политиканы киэр быраҕыахтаахпыт. Бу биһигини тумпэт.
Итиннэ куорат баһылыга Айсен Николаев саамай муударайдык быһаарынна. Улуу дьоммут ааттарын ааттатарга, республикабыт аатын биэрэргэ саҥа болуоссаттары туһаныахха, кинилэргэ ааттарын иҥэриэххэ наада. Бүтэһик сылларга куорат кэҥиир, лаппа тупсар, саҥа объектарга ааттары иҥэрэр саамай оруннаах. Сэбиэскэй кэмҥэ ааттаммыт объектар оннунан хаалыахтаахтар.
Орджоникидзе аатын уларыта сатыыр дьон өйдүөхтээхтэр, бу биһиги улуу убайдарбыт учууталлара буоларын. Кинилэр Ленины холобур оҥостон, ырыаҕа, хоһооҥҥо хоһуйан хаалларбыттарын.
Бу санаабын түмүктээри туран, бииртэн астынабын. Улуу хомуньуустар ааттарынан ааттаммыт пааматынньыктары уонна атын да объектары кытта Россия 90-с сылларга сэриилэһэн баран, 2000 сыллартан саҕалаан, уоскуйбут эбит. Төттөрүтүн, Ленин уонна Сталин пааматынньыктара элбээтилэр.
Бу манна өрөспүүбүлүкэ салалтататын үлэтин биһиги, коммунистар, эмиэ учуоттуох уонна өйүөх тустаахпыт. Вячеслав Штыров президент буолуоҕуттан, Егор Борисов салайан олоруоҕуттан Саха уһулуччулаах хомуньуустарыгар пааматынньыктар турар буоллулар. Куорат килбэйэр кииннэригэр Ойуунускайга, Аммосовка, Бараховка, Чиряевка, Прокопьевка, Аржаковка уонна да атыттарга пааматынньыктар, бюстар уонна мэҥэ бэлиэлэр баар буоллулар. Республика уонна Государственность күннэригэр кинилэр ааттарынан сквердэргэ миитиннэр, сибэкки дьөрбөтүн ууруу тэриллэр буолбута биһиэхэ, ыччакка, - дириҥ ис хоһоонноох.
Источник:Савва МИХАЙЛОВ, Коммунистическай партия Саха сиринээҕи комитетын чилиэнэ.