http://sakhalife.ru/borisov-2-0-ebeter-talyillyibyityi-y-h-leliiri-leletieh/ Балтараа сыллааҕыта “Эһиилги сылы кэтэспэккэ: Норуот өйүөх тустаах” (
http://sakhalife.ru/e-iilgi-syilyi-ketespekke-noruot-y-h-tustaah) диэн тус санаабын суруйан турабын. Ол кэннэ ааҕааччылартан элбэх хоруйу, этиини истибитим. Ким эрэ өйөөбүтэ, ким эрэ сэмэлээбитэ. Баартыйалаатар баартыйабар айдаарааччылар да бааллара. Ол саҕана суруллубутун курдук быыбар сөптөөхтүк түмүктэммитэ, билигин норуот баһыйар куолаһын ылан Егор БОРИСОВ үлэтин тэтимнээхтик салайа сылдьар.
Ол эрэн туох эрэ өйдөммөт түгэттэр бааллар. Тоҕо кыайбыкка үлэтигэр мэһэйдэһэр буоллулар. Мэһэйдэһии диэн манна саамай сымнаҕастык этиллэр, олох сиэрэ суох быһыыланнылар, буолары буолбаты хаһаллар. Тоҕо кыайбыты сүгүн үлэлэппэттэрий диэн санаа үөскүүр. Политика уустук быһыы-майгы буолар, ол эрэн киһи сиэринэн барыта барыахтаах. Мин, куоластааччы, өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо талбыт баһылыкпар эппиэтинэһи эмиэ сүгэбин. Кини үлэтин-хамнаһын кэтиибин, сөптөөх суолларын хайҕыыбын, сыыһа баар буоллаҕына тоҕо итинник таҕыста диэн дьиксинэбин. Егор Афанасьевич өрүү этэр, туох эмит сыыһалаах буоллахпына, туох эрэ итэҕэс баар буоллаҕына көмөлөһүҥ, сүбэлээҥ-амалааҥ диэн. Кириитэкэлиир дьоннор бэйэлэрин санааларын ыытаннар, ол тула конструктивнай кэпсэтии тахсыахтаах. Тоҕо биһиги кириитиктэрбит, чопчулаан эттэххэ кириитикээннэрбит хой баһын туойар буоллулар. Төбөлөрүгэр араас санаа киирдэ да, ыраҥалыы барбакка ватсап уонна интернет нөҥүө ыытан иһэллэр уонна дьону буккуйаллар.
Өрөспүүбүлүкэ сайдар суолларын Ил Дархан быыбар иннинээҕи программатыгар да, Ил Түмэҥҥэ этиитигэр да чуолкайдык сырдатан турар. Билигин судаарыстыбабыт утары санкционнай сэрии буола турар, нефть сыаната, солкуобай туруга ити барыта экономикаҕа күүскэ дьайаллар. Россия араас регионнарыгар мэлдьи сылдьар буоламмын, ким хайдах, туох олорорун көрөбүн, кэтиибин. Биһиги салалтабыт туох баар күүһүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ ыһыллыы, дьадайыы тахсыбатын ситиһэр сыалтан сөптөөх үлэни ыытар. Оскуолалар, детсадтар, доруобуйа харыстабылын уонна атын социальнай объектар тутуулара тохтообокко былаан быһыытынан бараллар. Биир да социальнай объект сабылла илик. Атын регионнары көрүҥ, тэҥнээн көрүҥ, онно балаһыанньа олох ыар туруктаах. Өрөспүүбүлүкэ салалтата чуолаан Ил Дархан социальнай куурсу тутуһаллар. Социальнай политикалаах салайааччы диэн Егор Борисовы ааттыахха сөп. Либераллар этэ буоллар тоҕо эккэ-үүккэ субсидия көрүөхтэрэй, тоҕо табаары таһааһыҥҥа - бурдукка уонна саахарга өрөспүүбүлүкэ сүүһүнэн мөлүйүөннээх субсидия көрөн сыананы үрдэппэт туһугар кыһаллыахтарай. Москва сороҕор дьон-норуот өйдөөбөт сокуоннарын ылынар, араас таһымнаах идеялары олоххо киллэрэ сатыыр. Пенсияҕа тахсар сааһы үрдэтээһин, дьон сүөһүнү иитэрин квоталааһын уонна да атын мөккүөрдээх толкуйдар. Итинник политика олоххо киирбэтигэр биһиги салалтабыт Москваны кытта ситимнээхтик үлэлээн, бэйэтин санаатын этэр буолла. Үөһээлэр хайдах курдук улууканнаах территорияҕа олорорбутун өйдөөбөккө бары барытын кыччата-аҕыйата, аныгы тылынан “оптимизациялыы” сатыыр. Хас эрэ киһиэхэ биир быраас, биир участковай, хас эрэ оҕоҕо биир учуутал диэн олох сыыһа политика. Оннук буоллаҕына биһиги хоту уонна тыа сирбит эстэр. Ону Өрөспүүбүлүкэ салалтата көрөн барытын ылынан испэккэ, бэйэтин спецификатынан үлэлии сатыыр, ону өйүөх баара. Оскуолалары ахсааннарын намтатыы ити атын регионнарга бара турар дьаһал, биһиги итини эмиэ батыспатыбыт. Сүүстэн аҕыйах оҕолоох оскуолалары тоҕус кылаастаах оҥорун дииллэр, биһиги ол суолунан бардахпытына дьэ кырдьык кэхтии суолугар үктэнэбит. Биллэрин курдук, оскуола бу нэһилиэк тутула. Итинник хардыылар социальнай араҥа туох баар салааларыгар сыһыаннаахтар, ону учуоттаан өрөспүүбүлүкэ бэйэтин тустаах программаларынан харыстанарыгар тиэтэйбитэ. Бюджеты ылан көрүҥ, үксэ социалка. Мин санаабар, хас биирдии өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо итини толкуйдуон наада. Егор Борисов политиката төһө сөптөөҕүн иннэ көрүҥ.
“Блогердарбыт” дэнэр биллэр кириитикээннэр Өрөспүүбүлүкэ былааһа бэйэтин хайҕанаары сылга биир миллиард солкуобайы барыыр диэн дьоҥҥо сыыһа өйдөбүлү үөскэппиттэрэ, оннооҕор Путиҥҥа кэпсээн тураллар. Мин онно тутатына хардаран турабын: миллиард - бу телевидениебыт, хаһыаттарбыт буолаллар. Хас биирдии улууска - оройуон хаһыаттара, олохтоох телестудиялар. Өрөспүүбүлүкэ үбүттэн өйөбүл ылан энтузиастар биһиэхэ анаан хаһыат, сурунаал таһаараллар, сөбүлээн көрөр НВКабыт дойдубут, дьоммут-сэргэбит олоҕун-дьаһаҕын сырдатар. Бу тыһыынчаннан дьон хамнаһа, редакциялар дьиэлэрэ-уоттара, техника ороскуота. Ону куораттан быкпатах, улууска сылдьыбатах, маргинальнай санаалаах киһи хантан билиэй, куолулаабыт эрэ диэн сыалтан итинник хобу-сиби тарҕаталлар. Атын этэ буоллар Өрөспүүбүлүкэ национальнай телевидениены үбүлээн үлэлэтэр, сайыннарар диэн үөрүөх баара. Эмиэ атын регионнары ылан көрүөх, төрүт телевидениелаах 2-3 регион эрэ бааллар. Ол этиллибит үбтэн өссө “Бичикпитин” өйөөһүн буолар. Биһиги бэйэбит тылбытынан таһаарар кинигэбит продукцията Россияҕа бастакы миэстэни ылабыт, тупсаран эттэххэ атын регионнары ырааҕынан хаалларабыт. Ити киэн туттуубут буолар! Ол аата ити “блогердар” таах суоҕу тарҕатан дьону буккуйаллар, өссө биир суруналыыс Путиҥҥа тиийэн кэпсээн турар. Арай ол кэнниттэн бэчээккэ-телевидениеҕа үбкүтүн кыччатын диэбит буоллуннар, оччоҕо оройуон хаһыаттара, олохтоох телестудиялар хайдах дьылҕаналлар? Онно үлэлиир дьон ханна бараллар? Тоҕо итинниги өйдөөбөккө дьоннорун-сэргэлэрин утары баралларый?
“Фермердар” ватсабынан тарҕаппыт суруктарын аахпытым. Улаханнык болҕомтоҕо ыла сатаабатаҕым, тоҕо диэ. Наһаа элбэх сыыс тыллар, личностаһыы, суоҕу суруйуу баар. Сурук наһаа эмоциональнай, биир-икки өһүргэммит, туохха эрэ тиксибэтэх дьоннор санааларыгар майгынныыр. Өссө биирдэ тоһоҕолоон этиэм - бүтэһик уон-уон биэс сылларга Өрөспүүбүлүкэ салалтата тыа сирэ туруктаах эрэ буоларын туһугар үлэлээн кэллэ. Ол түмүгэр сүөһү ахсаанынан Уһук Илин уокурукка бастакы миэстэни ылабыт, сылгыбыт ахсаанынан Россия үрдүнэн инники күөҥҥэ баарбыт, табабыт ахсаанын чөлүгэр түһэрэ сатыыбыт. Сүөһүнү иитээччигэ биирдиилээн адреснай көмө оҥоһуллар, үүтүн судаарыстыба тутар, төһөлөөх элбэх фермер, тыа сирин олохтоохторо субсидия ыллылар уонна өссө да ыла туруохтара, бу барыта тыа сирэ сайдарыгар олук буоллун диэн оҥоһуллар. Саҥа саҕалаан эрэр фермер буоллун, хотон туттааччы буоллун өрөспүүбүлүкэттэн көмө ылар. Сахабыт сиригэр ол курдук лизинговай политика олохтоммута ыраата, тыа сирин дьоно, оҥорон таһараар тэрилтэлэр лизининэн күүскэ туһаннылар. Онно Өрөспүүбүлүкэ өҥөтө баһаам. Тыа сирэ биллэ тубуста диэн аһаҕастык этиэххэ сөп. Куораттан тахсан көрүҥ, үлэлиир киһи үлэлиир, дьиэ-уот тутуута тубуста. Нэһилиэктэри благоустройстволыыр буоллулар, тыа ыала дьиэ туттарыгар туһааннаах программалар бааллар. Биирдиилээн да ыалы ылан көрүҥ: техниката суох ыал аҕыйаата. Гаастааһын программата эмиэ былаан быһыытынан барар. Мин нэһилиэгим Дьөккөн (Бүлүү) өрүү хаалан хаалар, кэлэр кэмҥэ гаас киирэр ини диэн эрэл баар. Үөрэммит Балаҕаннаахпын (Үөһээ Бүлүү) гаастаан эрэллэр диэн үчүгэй сонун кэлбитэ, кыра нэһилиэк инникилэниэ, туруктаах буолуо.
Бу сылы быһа “газохимическай собуот” тула айдаан буолла. Манна даҕатан эттэххэ “норуот туһугар ыалдьар политиктарбыт” наһаа тиэтэйдилэр. Бырайыак да оҥоһулла илигинэ миитиннээн, норуоттан чэпчэки сыаналаах политическэй очко хомуна сатаатылар. Өрөспүүбүлүкэ салалтата тутуллуон сөп дуо диэн үлэни ыыппыта. Маныаха Егор Борисов элбэх көрсүһүүлэргэ, телевидениеннан тоһоҕолоон этэн турар: “айылҕаҕа буортулаах производственнай объегы мин туттарбаппын”. Ону ол диэбэккэ араастаан киирэ сатаатылар. Чахчы докумуоҥҥа тиһиллибит бырайыак баар буоллаҕына ол тула кэпсэтэр наада этэ. “ОВОС” оҥоһуллан, экспертар, учуонайдар түмүктэрэ, парламеҥҥа уонна общественноска истиилэр - итинник үлэ барыахтаах, биһиэнэ үрдүнэн-аннынан, түөрү-лаҥкы, холуннара охсоору тиэтэйии. Политикалааһын биир көрүҥэ. Аны туран ол политикааннарбыт уонча сылы быһа былааһы производстваннан дьарыктаммаккын, хостуургутун эрэ сатыыгыт диэн сэмэлээбиттэрэ. Аны производство туһунан толкуй саҕаламмытыгар айылҕаны киртитимэҥ, сири алдьатымаҥ диэн буолла. Хаһан уоскуйабыт, тоҕо сиэрдээх сыһыаннаһыы олохтоммотуй. Дьиэ кэргэҥҥэ аҕаҕа убаастабыл, ытыктабыл диэн баар. Тоҕо Өрөспүүбүлүкэ салайааччытыгар убаастабыллаахтык сыһыаннаспаппыт, ити дьиҥинэн этика да ирдэбилэ.
Эмиэ атын регионнары уонна дойдулары ылан көрүөххэ. Күүстээх салайааччы - күүстээх регион. Кини санаатын дьон-норуот өйүүр, убаастабыллаахтык сыһыаннаһар. Оннук салайааччы общественноһы кытта, региоҥҥа баар политическэй, религиознай түмсүүлэри түмэн, норуотун кытта аһаҕастык үлэлиирин түмүгэр тахсар. Бу түгэни ылан көрүөх: өрөспүүбүлүкэ общественноһы хаһааҥҥытааҕар да өрө туруорда диэн киэн тутта этиэххэ сөп. Общественнай палаатабыт Россия үрдүнэн биир чаҕылхай үлэлээҕинэн аатырда, некоммерческай түмсүүлэри өйөөһүнэн биһиги региоммыт маҥнайгы миэстэни ылар. Гражданскай общество сайынна, сайдар, онно туһааннаах былаас уоргана үлэлиир, кинилэри координациялыыр. Политиканы да ылан көрүҥ, ханнык да парламентскай партия атаҕастаммат. Бу манна биири санаан кэлэбин, улууспар ыччат отделын салайа сырыттахпына оччотооҕу президент дьаһалтатын салайааччыта Айсен НИКОЛАЕВ Бүлүүгэ кэлэн киэҥ мунньаҕы ыытта. Онно биир түгэни эппитэ: “Дойдубуттан иһэбин. Биһиэхэ номнуо балаһыанньа чуумпу: биирбитин Москваҕа ыыттыбыт, иккиспитин министр солбуйааччытынан, үһүспүтүн баһылык оҥордубут”. Ол кэнниттэн кырдьык улууска хайа да өттүттэн үлэ-хамнас стабильнай, инникилээх. Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар эмиэ оннук буолуохтаах, сорох ардыгар онно тиийэн да эрэбит. Парламентскай оппозиция дэнэр сиэрдээхтэри, коммунистары кытта былаас бииргэ үлэлиир, кэпсэтэр. 90-с сылларга курдук тыҥааһыннаах киирсии суох, Вячеслав ШТЫРОВ сомоҕолуур политиката манна эмиэ көстөр. Сиэрдээхтэр лидердара Федот ТУМУСОВ эһиил Госдуумаҕа биир мандааттаах уокуруктан турардыы оҥостор, кыайарыгар мунаарыы суох курдук. Коммунистар лидербыт Виктор ГУБАРЕВ Ил Тумэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта диэн үрдүк дуоһунаска үлэлии-хамныы сылдьар. Бэйэлэрин профессионализмнара эппиэттиир буоллаҕына үлэҕэ ыҥыран үлэлэппэт буолбатахтар. Хас да холобур баар, билэҕит. Ол аата Ил Тумэҥҥэ баар баартыйалары кытта үлэ ситимнээхтик барар, дьыала дуоһунаһыгар буолбакка биир сүбэннэн Өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар үлэлэрэ көстөр.
Ол эрэн “короля делает свита” диэн мээнэҕэ этиллибэтэх цитата баар. Итини арыый уларытан салайааччы тулалыыр дьонуттан (хамаандатыттан) күүскэ тутулуктаах диэххэ. Егор Афанасьевич бэйэтэ этэринэн наһаа итэҕэйимтиэбин, ол түмүгэр кэлэйии-хомойуу да баар буолааччы диир. Мин санаабар, хамаанда дьоно - Өрөспүүбүлүкэ салайааччылара, салайар уорганнарга үлэлиир сулууспалаахтар ыраас, дьоҥҥо-норуокка чугас буолаллара ирдэниэхтээх. Кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ эбэһээт улууска, производстваҕа били эппиккэ дылы “сиргэ” үлэлиир эбэтэр үлэлээбит дьоҥҥо болҕомто ууруллуохтаах. Оннук үлэһиттэр кыһалҕаны, үлэни-хамнаһы ордук билэллэр. Ил Дархан тула өттүгэр ыраас, коррупцияҕа охтубатах дьоннор үлэлиэхтэрин наада. Квотаннан чугас дьонун үөрэххэ ыытааччылар, улахан таһымнаах тэрээһиннэри таҥнастыыр салайааччылар хамаандаттан эйэ дэмнээхтик барыахтарын наада. Ил Дарханы тулалыыр дьон кинини түһэн биэриэ суохтаахтар.
2014 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр киэҥ ыччат хаамыытыгар араас луоһуннары толкуйдаан тэрийээччилэргэ ыыппытым, онтон үксүн кэриэтэ ылбыттара. “Борисов 2.0” диэн Егор Афанасьевич иккис срогар анаан толкуйдаабытым. Билигин бу кэмҥэ олоробут, “Борисов 2.0” биир сыла ааста, өссө түөрт сыл баар. Төһө да кэм-кэрдиис түргэнник бардар, талыллыбыты өйүөх, үлэлиири үлэлэтиэх. Ил Дархан диэн сүрдээх эппиэтинэһи сүгүү буолар, илии-атах буолуох.
Норуот салайааччытын өйүүрүттэн, кинини көҕүлүүрүттэн дойду сайдара тутулуктаах. Бииргэ үлэлээһин түмүгэ эрэ биһигини сайдар суолга аҕалыа. Уопсайынан, саха дьоно - сүрдээх түмсүүлээх омукпут, дэлэҕэ баччалаах улахан Өрөспүүбүлүкэни салайан олоруохпут дуо. Бу маннык бары түмсэн биир санааннан үлэлиэххэ-хамныахха, хайдыспакка биир сыалынан - дойдубут туһугар диэн санааҕа салайтаран сылдьыах!
Аҕыйах күнүнэн Егор Афанасьевич төрөөбүт күнэ. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Ил Дархаммытыгар эрэниэххэ, дьолу-соргуну, кытаанах доруобуйаны баҕарыахха. Бары бииргэ сайдар кэскиллэри түстүөҕүҥ!
Источник: Савва МИХАЙЛОВ.