Sep 18, 2006 17:12
-
Еребулгэ дойду бары регионнарын, ол иьигэр биьиги республикабыт бары куораттарын уонна нэьилиэктэрин олохтоохторо бутун Россиятаа5ы сууруу кунугэр кытыннылар. Нациялар кросстарыгар республика урдунэн былырыын барыта 11 тыьыынчаттан тахса киьи кыттыбыт эбит буолла5ына, быйыл кун-дьыл да туран итиэннэ бу кросс дьон-сэргэ ортотугар ордук биьирэбили ылан барыта 19 тыьыынчаттан тахса киьи кыттыыны ылла. Ааспыт сылга буолбутун курдук билигин эмиэ суурууну себулээччилэри саастарынан уонна кыахтарынан араардылар. Аан бастакынан урдуку сололоохтор, эстрада сулустара уонна дьиэ-кэргэн хамаандалара суурдулэр. Кросска улэ тэрилтэлэрэ, оскуола о5олоро ордук устудьуоннар кехтеехтук кытыннылар. Барыта 9000-ттан тахса урдук уонна орто уерэх устудьуоннара суурдулэр. Кросс тумугунэн 6, 8 уонна 12 биэрэстэ5э бастаан ус иьигэр киирбиттэр Россия кроьугар суурэ барыахтара.
-
Бала5ан ыйын 13 кунунээ5и туругунан республика урдунэн олорор дьиэ 70 %-гар, о5о тэрилтэлэрин 87, оттон балыыьалар 81 %-нарыгар итии киирдэ. Барыта 1300 хочуолунай оттулунна. Бу уопсай кердерууттэн 99,7 %. «REGNUM» информационнай агенство иьитиннэрбитинэн, бу туьунан олох-дьаьах коммунальнай хаьаайыстыбатын миниистирэ Александр Антоненко правительство хамыыьыйатын мунньа5ар дакылааттаабыт. Кини этэринэн, оттук саппааьын уонна производственнай-техническэй бородууктаны тиксэрии, кыстыкка эбийиэктэри бэлэмнээьин болдьо5ор ситтилэр. Билигин республика уьук хоту регионнарыгар оттугу тиэйии сал5анар. Оттон мэр солбуйааччыта Максим Трофимов иьитиннэрбитинэн Дьокуускай кыстыкка бэлэм. Олорор дьиэлэргэ еремуен улэлэрэ кэмигэр оцоьулуннулар. Кини этэринэн куорат урдунэн хочуолунай 100 % оттуллубут. Ол гынан баран билигин да сылаас киирбэтэх эбийиэктэрэ, олорор дьиэлэр а5ыйа5а суохтар.
-
Алдацца олох-дьаьах коммунальнай хаьаайыстыбатыгар кыьал5а угус. Ол курдук билигин хочуолунайдарга уу суох буолан оттулла иликтэр. Маннык кыьал5а уескээбитэ - номнуо уьус сыла. Уу баайын хаьаайына кун бугуццэ диэри быьаарыллыбат. Онон бу боппуруоьу прокуратура да, арбитражнай суут да быьаарбаттар. Оттон бугуццэ диэри Алдан оскуолаларыттан ацардара уерэммэккэ олороллор.
-
От ыйыгар Франция Лорьен куоратыгар «Тара» яхтанан экспедиция буолбута. «Тара-Арктик 2007-2008» диэн киэц хабааннаах норуоттар икки ардыларынаа5ы бырайыакка Саха Сирэ официальнай партнер быьыытынан кехтеехтук кыттар. Экспедиция чилиэттэрэ 2 сыл устата Хотугу муустаах бай5алга сылдьан климат туругун чинчийиэхтэрэ. Яхта айыл5а тыйыс усулуобуйатын: муус харгыстарынан эцсэргэ тулуйар гына тацыллыбыт. Аан дойду урдунэн полярнай уонна океаны уерэтэр лабораториялар тумсэн Хотугу эргимтэни куолаан чинчийэллэригэр: кэтээн керерге, матырыйаалы хомуйарга, анализтыырга экспедиция улахан суолталаах тирэх буолуох тустаах. Экспедиция бастакы этаабын оттугунан уонна аьылыгынан хааччыйарга «Полярные авиалинии» хампаанньа улэлээбитэ. Маныаха «Тра-Арктик» экспедиция дириэктэрдэриттэн биирдэстэрэ Бернар Буиг «Полярные авиалинии2 генеральнай дириэктэрин Андрей Корякины кытта керсен кэлэр саас кулун тутарга-муус устарга буолуохтаах экспедиция иккис этаабын былаанын туьунан кэпсэттилэр. Экспедиция 2008 сыллаахха тумуктэниэ5э. Онуоха диэри Европа дойдуларын уонна Россия 45 научнай институттарын бэрэстэбиитэллэрэ Хотугу Муустаах Бай5ал экологиятын дирицник ылсан чинчийиэхтэрэ.
-
Тикси бухтатыгар оттуктаах баржа ууга тимирдэ. ООО «Полюс» траулера «Ауга» от ыйын 24 кунугэр еремуен кэнниттэн боруобалыыр айацца тахсаат Тикси уутугар Береснев арыыга тимирбит судно5а кэтиллибитэ. «Ауги» 8,1 тонна оттугу тиэнэн испитэ. Уу анныгар киирэн кербуттэрин тумугэр судно Маныаха судноны ууттан таьаара сатаабыттара да, техникэ тиийбэтинэн итиэннэ куустээх тыал уонна шторм мэьэйдээннэр кун бугуццэ диэри кыаллыбакка турар. Онон улуус специалистэрэ куннэтэ уу бороубатын ыларга куьэллэллэр. Ууга ниэп састааба баара бэлиэтэнэ илик. Бу дьыала билигин экологическэй прокуратура хонтуруолугар сытар.